Бу күннэргэ, биир кэрэ, сааскы чаҕыл күҥҥэ биһиги М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжпыт олоҕун устуоруйатыгар умнуллубат дьоһун, айымньылаах күн буолан ааста.
Манна эрдэттэн былааннаан, тэрээһин үлэтин ыытан, бэрт элбэх сүбэлэһии, кэпсэтиһии кэнниттэн Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһын Семен Петрович Оконешников аатынан «Айылгы» Бөтүҥнээҕи култуура киинигэр «Педагог уонна наставник» сылыгар анаммыт ырыа-музыка бырааһынньыгын тэрийэргэ быһаарынан айаҥҥа туруннубут.
Туһулаан эттэххэ муус устар 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, педагог-наставник, Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж учуутала, Нам улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Валериан Георгиевич Емельянов оҕо сааһа ааспыт түөлбэтигэр, Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр кини айар киэһэтэ – Ырыа киэһэтэ буолан ааста.
Валериан Георгиевич учуутал эрэ буолбакка кини ырыа умсулҕаныгар ылларбыт, айар куттаах саха норуота билиммит, таптыыр поэттарын – биир дойдулааҕа Ефрем Ст епанович Сивцев -Таллан Бүрэ, норуот поэттара Наталья Михалева (Сайа), Петр Тобуруокап, Иван Гоголев (Кындыл), Василий Сивцев, Наталья Харлампьева, Егор Егоров (Сайдам) тылларыгар истин иэйиилээх ырыаларын бэлэхтээн соһутта да, үөртэ да...
Биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ сэргээн, үөрэн дуоһуйа иһиттилэр. Заалга мустубут дьон дьиҥнээх тыыннаах дорҕооннору, көмүс куоластары илэ көрөн-истэн наһаа сэргээн, үөрэ иһиттилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстарын Анегина Дьяконова, Екатерина Корякина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун Иннокентий Огочонов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстарын Григорий Петров, Александр Емельянов дьикти ыраас куоластара дьон сүргэтин көтөҕөн, сырдыкка-кэрэҕэ, тулуурга-дьулуурга, тапталы, инникигэ эрэли сахтаҕа...
Ырыалары М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж устудьуоннарын норуодунай үстүрүмүөннэрин оркестра доҕуһуоллаата, салайааччы - дирижер Михаил Александрович Погодаев-эдэр специалист. Бу тэрээһини иилээн-салайан, көҕүлээн ыытта отделениебыт сэбиэдиссэйэ, эмиэ эдэр кэскиллээх учуутал Мария Валентиновна Иванова.
Отучча киһилээх оркестры, солистары транспорт булан, истиҥник көрүстэ-атаарда Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Михаил Васильевич Макаров, киниэхэ махталбыт муҥура суох. Билиҥҥи кэмҥэ, куорат тас өттүгэр тэйиччи сытар нэһилиэги хабар улахан культурнай тэрээһин сэдэхсийбит кэмигэр, биһиги убаастыыр учууталбыт-наставникпыт эдэр ыччакка-устудьуоннарга үксүлэригэр өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ.Үгэс курдук сахалыы сайаҕастык, итии астаах, үөрэ-көтө көрсүүлэрэ, сиэрдээх-туомнаах, алгыстаах сыһыаннара хас биирдиибитигэр сылаас тыыны сахта, дьэ ити буолар көлүөнэлэр ситимнэрэ!
Валериан Георгиевич үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ учуутал-наставник, кини бу ытык 80-сааһыгар тиийэ ыччат ортотугар, иитэр үлэҕэ элбэх билиитин, сатабылын, күүһүн, сыратын анаата. Кини киэн туттар үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Российскай Федерация култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх деятэлэ, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үҥкүү театрын национальнай үстүрүмүөннэр оркестрын салайааччыта, дирижера Николай Павлович Петров буолар.
Бу Нам сиригэр биһиги училищебыт оркестра 1998 сыллаахха Иннокентий Григорьевич Федотов салайыытынан Валериан Георгиевич 55 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх кэнсиэрин тэрийэн эмиэ дьону-сэргэни үөрдэн, санааларын өрө көтөҕөн улахан тэрээһини ньиргиччи ыытан турардаахпыт, өйтөн- санааттан сүппэт...
Ити курдук кини үрдүк таһымнаах специалист буолан дойдутун иннигэр,дойдутун туһугар ытык иэһин толорон, эдэрдэргэ холобур буолан, инники күөҥҥэ олоххо тардыһа, сырдыкка дьулуһа турар. Кини ырыалара дьиҥнээх тапталтан айыллан, сырдык-ыраас тыыннаахтар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.В.Каженкина