Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж преподавателэ Иннокентий Григорьевич Федотов биһиги кэккэбититтэн соһуччу, олус хомолтолоохтук туораабыта хайы үйэ сыл ааһа оҕуста...
Кеша Кэбээйи улууһуттан, музыкальнай оскуолаҕа фортепиано кылааһын бүтэрэн баран, 1987 сыллаахха музыкальнай училищеҕа народнай инструмент отделениетыгар балалайка кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Иккис курс кэнниттэн Советскай Армия кэккэтигэр ытык иэһин толорон кэлээт, үөрэҕин салҕаан 1992 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Кеша айылҕаттан бэриллибит үгүс өрүттээх дьоҕура, талаана үөрэнэр кэмнэриттэн биллэрэ. Кини ылсыан эрэ кэрэх – барыта табыллара, барыта ситиһиллэрэ. Ол эрэн кини бары талааннаах дьон курдук аһары үлүһүйбэккэ, түбүгүрбэккэ, холкутук, сүгэһэр оҥостубакка чэпчэкитик ылсан дьарыктанара. Тас көрүҥүнэн, омос көрдөххө, атын омук киһитигэр маарынныыра: үрдүк уҥуохтаах, төрөлкөй быһыылаах-таһаалаах, долгуннурар баттахтаах, кылдьыылаах киэҥ харахтаах, киһи болҕомтотун тардар ис киирбэх сэбэрэлээҕэ. Киһи быһыытынан киэҥ-холку көҕүстээх, ырааҕы өтө көрөр сытыы өйдөөх, тобуллаҕас толкуйдаах, элэккэй-эйэҕэс майгылаах буолан дьону бэйэтигэр тардара.
Кеша училищены бүтэрээт концертмейстербыт Лариса Александровна Мацовкина көҕүлээн салгыы үөрэнэ оччотооҕуга Красноярскайдааҕы искусство уонна культура институтугар туттарсан киирбитэ. Онно профессор Владимир Аверин кылааһыгар үөрэммитэ уонна 1997 сыллаахха бүтэрэн училищетыгар төннөн үлэтин саҕалаабыта.
Институкка үөрэнэр кэмигэр учуутала Владимир Аверин Кешалыын ылсан үлэлээбиттэрин түмүгэр аан бастакы сахалыы ырыа тиэмэтигэр балалайкаҕа аналлаах сүрдээх үчүгэй, дьиҥнээх профессиональнай таһымнаах икки оригинальнай айымньы тахсыбыта. Ол курдук, бастакытынан, Г.Комраков икки сахалыы ырыатын тиэмэтигэр айымньы, иккиһинэн, фортепианоны кытта балалайкаҕа аналлаах икки сахалыы норуот ырыатын тиэмэтигэр фантазия. Бу айымньылар идэтийбит балалайкаһыттар репертуардарыгар киирэн араас фестивалларга, конкурстарга, государственнай экзамен программатыгар бигэтик киирдилэр.
Кини сүүрбэттэн тахса сыл народнай инструмент оркестрын дирижерунан үлэлээбитэ. 1998 сыллаахха Опера уонна балет театрыгар биһиги училищебыт отчуоттуур концерыгар оркестр хайдах курдук өрө көтөҕүллүүлээхтик оонньоон элбэх истээччини сөхтөрбүтүн, үөрдүбүтүн хаһан да умнубаппын. Ити Кеша дирижер быһыытынан улахан сценаҕа аан бастаан тахсыыта уонна улахан ситиһиитэ этэ. Кини быһаччы салалтатынан народнай инструмент ансаамбыла «Кыталык» үҥкүү ансаамбылын кытта араас омук сирдэригэр саха норуотун культуратын үрдүк таһымнаахтык билиһиннэрбитэ. Кеша элбэх сыратын, күүһүн, сатабылын жюри үлэтигэр уурбута. Ол курдук, «Зима начинается с Якутии», «Бриллиантовые нотки», «Парад звезд», «Новые имена» онтон да атын көрүүлэргэ кини специалист быһыытынан билиитэ-көрүүтэ, киһи быһыытынан чиэһинэйэ, тулхадыйбат санаата ырылхайдык көстөрө уонна түргэнник, дьоһуннук быһаарарга олук уурара, коллегалар, музыканнар ытыктабылларын ылара.
Кеша үөрэммит ытык сирин, учууталларын куруутун өрө тутара, махталын биллэрэрэ, ханна сылдьарын тухары элбэх доҕоттордооҕо. «Музыка для всех» бырайыакка кыттан үлэлэспитэ, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар тиийэ үгүс оҕону, ыччаты үөрэппитэ, кэрэҕэ көҕүлээбитэ. Бэйэтин үөрэтэр оҕолорун, студеннары куруутун бэйэ кыаҕар эрэнэргэ үөрэтэрэ, кыһамньылаахтык такайара.
Иннокентий Григорьевич салайар, тэрийэр дьоҕурун бэлиэтии көрөн, эрэнэн, училище коллектива кинини биир санаанан профсоюз бэрэссэдээтэлинэн талбыта. Онно кини сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээн кэлбитэ. Ол тухары төһөлөөх элбэх тэрээһиннэри: ыһыахтары, концертары, спортивнай күрэхтэһиилэри, айаннары тэрийбитэ, төһөлөөх элбэх дьоҥҥо көмөлөспүтэ буолуой! Билигин кинини саныыр, суохтуур дьон элбэх буолуохтаах...
Мин Кешаҕа «ырыаһыт буолуон хаалбыт» диэтэхпинэ күлэн эрэ кэбиһэрэ. Дьиҥэ, ол оруннаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини күүстээх, үчүгэй тембрдаах баритон куоластааҕа уонна аҥардас көстөр көрүҥэ да сценаҕа анаммыт курдуга. Кини каникулугар кэллэр эрэ хайаан да миэхэ киирэн кэпсээн-ипсээн, үөрэн-көтөн барара, куруутун нота, кинигэ кэһиилээх буолара. 2005 сыллаахха профсоюз республикатаҕы комитетын путевкатынан миигин илдьэ баран Пекин куораты көрдөрбүтүн махтана саныыбын. Миэхэ звание бэриллэригэр кыһаллан сүүрбүтэ-көппүтэ уонна аҕыйах хонугунан тиийбэккэ, истибэккэ хаалбыта олус хомолтолоох...
Күндү доҕорбут Кешабыт, коллегабыт, үөрэнээччибит, учууталбыт Иннокентий Григорьевич, биһиги эйиигин куруутун ахта, саныы сылдьыахпыт, эн үтүө ааккын умнуохпут суоҕа.
Учуутала Анастасия Васильевна Каженкина,
М.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж преподавателэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ.